Алексей II Малгиннарга үһүс оҕо. Баайаҕа, Уолба оскуолаларыгар үөрэммит. Дьокуускай куоракка медтехникумҥа үөрэнэн 1934 с. 17 эрэ сааһыгар, ийэтин Февронья Николаевна дойдутугар Уус Тааттаҕа доруобуйа харыстабылын эмп пуунун арыйан 2 сыл үлэлээбит. Уус Тааттаҕа үчүгэйдик үлэлээн элбэх сыстыганнаах ыарыыны суох гынан нэһилиэнньэ махталын бөҕө ылбыт. Томскайга быраас үөрэҕэр барбытын кэннэ 500 солк бириэмийэ ылбыт, элбэх ыарыыны суох оҥорбутун иһин. Уус Тааттаттан дьонугар Баайаҕаҕа, ол кэмҥэ сэдэх бэлэсипиэтинэн кэлэн барар эбит. Кырдьаҕастар “Тимир атын» сэргии көрөллөрө үһү. Баайаҕаҕа, Ытык Күөлгэ үлэлии сылдьыбыт. Таатта оройуонугар доруобуйа харыстабылын оройуоннааҕы салаатыгар сэбиэдиссэйинэн үлэлээбит.
1938 с. Томскай куоракка мединститукка үөрэнэ барбыт. Онно сахалартан соҕотоҕун үөрэммит. 1940с. финскэй сэрии саҕаланан баҕа өттүнэн тылланан Ийэ дойдутун көмүскүү барбыт. Бааһырбыт саллааты сэрии уотуттан таһаара сылдьан, өстөөх буулдьатыттан сырдык тыына быстыбыт. Февронья Николаевна биэс уолаттарыттан бастакынан кыра Алексей муус устар 8 күнүгэр 1940 сыл баара суоҕа 23 сааһыгар сэрии хонуутугар өлбүт. Үөрэммит Томскай мединститутун коллектива көмүс уҥуоҕун туппута. Алексей киһи киэнэ талааннааҕа буолан, дьонноро Баайаҕалар, Уус Таатталар олус хомойбуттара, аһыйбыттара.
Быйыл 2024 сыл сүүрэн-көтөн астарбыт, Уус Таатта участковай балыыһа 90 сылын бэлиэтиир. Хорсун буойун биэлсэр Малгин Алексей Егорович II аата умнуллубат.
Неустроева Антонина Николаевна —
музейнай педагог