Сааскы айылҕа сэргэҕэ, чэбдигэ олус да кэрэ буоллаҕа. Тула өттүгэр чыычаах ыллыыр, кэҕэ кукууктуур, кукууктуур, кус бииһин ууга сүргэни көтөҕөр, cүрэҕи көбүтэр эгэлгэ-араас саҥатынан күөл иһин толорор. Хас сарсыарда ахсын айылҕа уһуктуутун үөрэ көрсөбүт, булпутун да умнан, кэтэһэн көрөбүт.
Тарабукин В.А.