1 Star2 Stars3 Stars4 Stars5 Stars (1 votes, average: 5,00 out of 5)
Загрузка...
462 views

Билсиҥ, саҥа кинигэлэр!

Попов Иннокентий Куприянович

Сомоҕо домохтор

Бу тылдьыкка тылы ордук кэрэ, сытыы оҥорор саха тылын сомоҕо домохторо хомуллан киирдилэр.

Кулан хаан

Төрүт ньыманан ис кыаххын арый

Кинигэҕэ үрүҥ ойуун, алгысчыт, бөлүһүөк Кулан хаан өбүгэ үөрэҕин туһанан бэйэтин тургутан үтүө түмүк оҥостубут көрүүлэрин, билиилэрин үллэстэр. Кини мындыр сүбэлэрэ бэйэ кыаҕын арынан, ис туругу, доруобуйаны тупсаран астына-дуоһуйа олорорго төһүү күүс буолуохтара.

Эверстов Константин Семенович

Оһолу-моһолу туораан…

Киһи, тыынар тыыннаах олоҕун аартыга араас. Туох барыта соҕотох олуктан салҕанар, тыргыллыбыт ыллыгынан бүтэр. Дьылҕа маннык моһоллоох, оһоллоох суолларын ырыҥалаан, кыраҕы хараҕынан анааран көрөр суруйааччы, билиҥҥи олох туһунан суруйбутун ааҕар олус кэрэхсэбиллээх. Ааптар, тыа сиригэр олорорун быһыытынан, ойуур олохтоохторун омоон суолларын мындырдаан билэринэн эмиэ уратылаах.

Пономарев Дмитрий Николаевич

Биһик

Бу кинигэҕэ ааптар сэрии ыар сылларыгар Чурапчытааҕы көһөрүүгэ чугас дьонун, балтын сүтэрэн төгүрүк тулаайах хаалбыт Сэмэнчик эрэйдээх оҕо сааһын, маҥнайгы таптал ааспат-арахпат амтанын, таҥнарыыны, кэлэйиини саастарын тухары ындыы гынан илдьэ сылдьыбыт  сүтэрсибит сүрэхтэр дьылҕаларын туһунан олус итэҕэтиилээхтик суруйбутун киһи уйадыйбакка аахпат. Ааптар олоххо буолбут түбэлтэлэри сэһэргиирэ, киһи хараҕар дьиҥ чахчытык ойууланан, туспа тыыннанан тыҥаан кэлэллэр.

Босикова Ульяна Дмитриевна

Суостаах кэм өргөһүгэр

Сэһэҥҥэ Аҕа дойду Улуу сэриитин кэмигэр Советскай Союз ыраах муннугар сэрии сорун-муҥун эҥээрдэринэн тэлбит, санныларыгар сүкпүт сэрии түҥкэтэх тыылын олохтоохторо көрсүбүт эрэйдэрин, кыһалҕаларын туһунан кэпсэнэр. Айымньы дьиҥ олоххо буолбут, баар буола сылдьыбыт чахчыларга, түгэннэргэ олоҕуран сурулунна. Ааҕааччы киэҥ араҥатыгар, туһулаан, Улуу сэрии алдьатыылаах, алдьархайдаах содулун сорох кырдьыгын үһүйээн эрэ курдук истэр уонна билэр аныгы кэнчээри ыччакка ананар.

Ульяна Бурнашева — Уйана

Ыһыллыбыт ыра

Ааптар кэпсээннэригэр дьиҥ олоххо үгүстүк көстөр быһыы-майгы ардыгар көрдөөхтүк, ардыгар киһини уйадытардык, итэҕэйимтиэлээхтик ойууланар. Сэрии кэмигэр үүммүт ааспыт көлүөнэ олоххо сыһыаннарын уратыта, дууһаларын, өйдөрүн-санааларын ырааһа билиҥҥи ыччакка үтүө холобур буолар, оттон билиҥҥи кэм көлдьүннээх көстүүлэрэ киһини дириҥ толкуйга түһэрэллэр.

Василий Гольдеров — Ороһу уола

Аҕа таптала

Ааптар оҕо саастан истиҥ доҕордоһууну, бастакы килбик тапталы, үлэһит туруу дьон олоҕун ойуулуур кэпсээннэригэр быстах быһыы киһи дьылҕатын хайдах алдьатар содуллааҕын, тапталынан сирэйдэнэр сымыйа быһыы-майгы олоххо охсуутун, аҕа уонна ыччат көлүөнэ судургута суох сыһыаннарын туһунан кэпсээннэрэ киирдилэр. Суруйааччы киһи олоҕор көрсөр араас кыһалҕалары күүстээх санаанан, дьулуурунан кыайыахха сөбүн лоскуй кэпсээннэригэр итэҕэтиилээхтик суруйар.
Кинигэ ааҕааччы киэҥ араҥатыгар ананар.

Айысхаана

Кэмсилгэн

Ааптар «Оҕолор уонна аҕалар» диэн үйэлээх тиэмэҕэ хайа да түгэҥҥэ көнө, сөптөөх суолга, сырдыкка сирдиир ыллык баарын, оҕо оҕоҕо, улахан да киһиэхэ холобур буолар олохторунан, саха ыалын үтүө үгэстэринэн сиэргэ, эйэҕэс, амарах майгыга иитэр кэпсээннэригэр итэҕэтиилээхтик сэһэргиир. Оттон «Былдьаммыт оҕо саас» пьесаҕа сэрии кэмигэр ньуулдьаҕай саастаах оҕолор кыайыы туһугар хорсун үлэлэрэ патриотическай өйү-санааны  уһугуннаран, ааҕааччыны уйадыта долгутуо.

Иринцеева Е. С. — Огдо

Таайыллыбат дьикти күүс

Кинигэҕэ айылҕаттан айдаран өтө көрүүлээх, чараас эйгэни кытта ситимнээх, сахалыы эмтээн дьон туһугар үтүөнү оҥорор туспа айылгылаах дьон олорон ааспыттарын, билигин да биһиги ортобутугар баалларын туһунан үһүйээн, уус-уран айымньы киэбинэн эбэтэр дьиҥ сирэйинэн кэпсиир чахчылар киирдилэр. Ону таһынан, кыайан быһаарыллыбат дьикти түбэлтэлэр олохпутугар тахса тураллара уонна оннук бэлиэлэри этитии, түүл нөҥүө билэр буолуу туһунан кэпсэнэр.

Ксенофонтов Максим Николаевич

Дьиҥ олохтон дьиктилээх кэпсээннэр

Тэттик кэпсээннэргэ ааптар дьиҥ олоххо буолбут араас, ардыгар көрдөөх, ардыгар киһини сөхтөрөр устуоруйалары уус-ураннык, итэҕэтиилээхтик ойуулуур. Киһи кэм-кэрдии устун сатаан айанныыр, ааспыкка эбэтэр кэлэргэ биирдэ баар буола түһэр кыахтаах дуо? Дьиҥнээх таптал ыарахаттартан чаҕыйбакка олох очурдарын хайдах ааһар эбитий? Чараас эйгэ хайдах, тоҕо аһылларый? Мантан да атын интэриэһинэй ыйытыыларга ааҕааччы бу кинигэттэн хоруйдары булуон сөп.

Находкина Татьяна Петровна

Ньоҕой эрэл

Ааҕааччыга биллэр прозаик Татьяна Находкина саҥа кинигэтин дьоруойдара – тыллара-өстөрө, санаалара-оноолоро, быһыылара-туттуулара киһини итэҕэтэр, ааптар бэйэтин оҕо сааһыттан уонна субу бүгүҥҥү олохпутуттан түһэн кэлбит тыа сирин олохтоохторун тыыннаах мөссүөннэрэ.
Ааҕааччы киһи үтүө санаата, амарах быһыыта өрөгөйдүүрүттэн үөрүө, сыал-сорук, күүстээх санаа барыны кыайарыгар итэҕэйиэ уонна тус олоҕор туһалааҕы иҥэриниэ.

Ангелина Шадрина — Суоһааны

Сирэй уонна күлүк

Элбэх хоһооно дьон кутун туппут, ырыа буолан көппүт поэт Ангелина Шадринова-Суоһааны саҥа проза кинигэтэ ааҕааччыга ааптары атын өттүттэн арыйыа. Бу кинигэҕэ киирбит ураты тутуллаах кэпсээннэргэ бүгүҥҥү тыа сирин олоҕун кэрэтэ да, ыарахана да, кыра нэһилиэктэр эстэр-симэлийэр туруктарын туһунан хараастыы көстөр, үгүс социальнай кыһалҕаларга болҕомто тардыллар. Оттон дьикти тэттик домохторго ааптар ураты бөлүһүөк санаата, олоҕу анааран көрүүтэ киһини умсугутардыы ойууланар.

Поскачина Татьяна Анатольевна — Татыйык

Табыллыбат/табыллыбыт таптал 2

«Мэлдьи эн аттыгар буолуом…» Таптыыр сүрэхтэр силбэһэр ыралара итинник эбээт. Ол эрээри өрүкүйбүт иэйии иититтэн тахсыбатах эдэр дьон Дьылҕа Хаан кинилэргэ тугу ирээттээбитин хантан сэрэйиэхтэрэй?
Дьоллоох олохторун соҕотохто аймаабыт биир түүн… Эбэтэр сыл-хонук устата дьапталлыбыт хом санаа, курутуйуу, өһүргэс хааһаҕын тиһэҕэр тэһэ аспыт бүргэстии, тапталтан кэлэйии…
Дашалаах Сүнньүөх кылгас эрээри чаҕылхай, истиҥ тапталлара… Женялаах Рома кэлэйии кэннинэн чугуруппут, ол эрээри чымаан өй саҥалыы күөдьүппүт тапталлара…
Этиҥ эрэ, бу дуо, табыллыбыт таптал эбэтэр табыллыбатах таптал?

Сардана Сивцева — Саная

Три кувшина 

В книгу вошли повесть, рассказы и очерки, основанные на реальных событиях, повествующие о судьбах людей, их жизни на крайнем Севере.
В книге «Три кувшина» повествуется о парне из грузинской глубинки, ушедшем служить в РККА (Рабоче-Крестьянскую Красную Армию) и оттуда попавшем на действующий фронт. Во время одного из боев его, раненого, берут в плен немецкие захватчики. Через два года по освобождении из плена его отсылают на Колыму отбывать наказание как предателя Родины.
С этого момента начинается его новая жизнь в Якутии.
Эта книга — апофеоз любви к Родине, силе духа человека, не сломавшегося под ударами судьбы, о его стойкости, житейской мудрости и человеколюбии.