1 Star2 Stars3 Stars4 Stars5 Stars (No Ratings Yet)
Загрузка...
505 views

Габышева Любовь Дмитриевна сырдык аатын үйэтитиигэ аналлаах, 75 сылын көрсө «ОЛОҤХО — ИЙЭ ТЫЛ СҮМЭТЭ» I Өрөспүүбүлүкэтээҕи күрэх!

Таатта улууһугар этнопедагог, ырыаһыт, тойуксут, чабырҕахсыт, хомусчут, олоҥхону толорооччу, оһуохай этээччи, алгысчыт Любовь Дмитриевна Габышева оҕону иитиигэ-үөрэтиигэ өр сылларга үлэлээбитэ, күүстээх кэрэ куолаһынан киэҥ сирдэргэ улуус аатын ааттаппыта.
Уһуйааччы, настаабынньык, дьыссаат сэбиэдиссэйин сырдык аатын үйэтитэр сыаллаах Уус-Тааттатааҕы “Хатынчаан”-“Харыйачаан” оҕо уһуйаана, “Арылы Кустук” үөрэхтээһин общественнай ситимэ, Алдан нэһилиэгин “Кытыл” уонна улуустааҕы норуот айымньытын дьиэтэ, Таатта улууһун үөрэҕириитин салаата иилээн-саҕалаан өрөспүүбүлүкэҕэ биир бастакынан иитээччилэр олоҥхону толорууларыгар күрэс тэрийдилэр.
“Харыйачаан” оҕо уһуйаанын үлэһиттэрэ алаадьылаан, “Сулусчаан” оҕо сайдар киинэ саламааттаан ыалдьыттары сахалыы сиэринэн айах тутан күндүлээн көрүстүлэр. Тэрээһин Любовь Дмитриевна иитиллээччитэ Колодезникова Алена алгыстаах хомуһугар доҕуһуоллатан, “Харыйачаан” уһуйаан иитээччилэрин үҥкүүтүнэн, оһуохайынан саҕаланна. Аһыллыы сиэригэр-туомугар “Таатта улууһа” МО аҕа баһылыга Михаил Михайлович Соров, “Алдан нэһилиэгэ” түөлбэ баһылыга Егор Николаевич Постников, Таатта улууһун 2№-дээх оҕону сайыннарар киин — “Сулусчаан” оҕо саадын” сэбиэдиссэйэ Елена Титовна Алексеева, Любовь Дмитриевна кыра кыыһа Арина Михайловна Егорова бэйэлэрин эҕэрдэ, ахтыы тылларын эттилэр.
Дьүүллүүр сүбэҕэ Таатта улууһун Тыараһатааҕы “Кылыһах” фольклорнай народнай бөлөх салайааччыта Марина Федотовна Говорова, Ф.С.Аргунов аатынан Тааттатааҕы оҕо искусствотын оскуолатын фольклорга преподавателэ Римма Герасимовна Федорова, Любовь Дмитриевна Габышева улахан кыыһа Уйгулаана Михайловна Габышева күрэс кыттааччыларын бастыҥнарын, чулууларын сыаналаатылар.
Л.Д. Габышева тоҕус томтордоох, хатыҥ чараҥнардаах Чурапчы оройуонун Тэйэр хайалаах Мырыла нэһилиэгэр аан маҥнай үөрэппит үөрэнээччилэриттэн эҕэрдэ тыл бастыҥын, анал бирииһин туттарда Даайа-Амма орто оскуолатын учуутала Александра Петровна Анисимова.
“Олоҥхо – ийэ тыл сүмэтэ” күрэһин тэрийсибит “Кылаан кыайыылааҕар сүрүн бирииһи, ону тэҥэ анал ааты Любовь Дмитриевна кыра кыыһа Арина Михайловна уонна кини дьиэ кэргэттэрэ олохтоотулар. Любовь Дмитриевнаҕа олоҥхо толорорго уһуйуллубут үөрэнээччитэ Сандаара Канаева дьиэ-кэргэнэ күрэххэ бириис анаата.
Талааннаах олоҥхоһут, ырыаһыт, тэрээһинээх салайааччы, үтүө киһи аатын үйэтитэн аймахтара, бииргэ үлэлээбиттэрэ, тэрилтэлэр кэллэктииптэрэ, уһуйбут үөрэнээччилэрэ анал бириистэри туруоран күрэс суолтатын үрдэтэн, саҥалыы тыыннаан биэрдилэр.

Олоҥхону үлэһиттэр сценаҕа олорон толоруулара с – Таатта улууһун Чөркөөхтөөҕү “Аленушка” оҕону сайыннарар киин оҕо саада. “Күүстээх уохтаах “Күн Күндүлү бухатыыр” П.Е.Решетников Көһөҥө Бүөтүр олонхото, салайааччы Винокурова С.А.
— Ноутбук (Л.Д.Габышева төрөппүт оҕолоро туруорбут бириистэрэ);
— Анал бириис — 10.000 харчы (Таатта улууһун 2№-дээх оҕону сайыннарар киин “Сулусчаан” оҕо саада”) .
• 1 үрдэл – Таатта улууһун Ытык-Күөл “Чуораанчык” оҕону сайыннарар киин оҕо саада “Айыы Дьураҕастай” П.Е.Решетников олоҥхото, салайааччы Аржакова А.В.
— 20.000 солк.
— Анал бириис “Көмүлүөк” национальнай компания иһитин кэмпилиэгэ (Л.Д. Габышева бииргэ төрөөбүттэрэ);
— Анал бириис– Айыы Дьураҕастай бухатыыры толоруу иһин Михаил Михаилович Павловка 2000 солк. (Л.Д. Габышева үөрэнээччитэ, Сибиир, Дальнай Восток фестиваль “Мин Олоҥхо дойдутун оҕотобун” күрэһин кыайыылааҕа Иван Белолюбскай);
• 2 үрдэл – Таатта улууһун 2 №-дээх оҕону сайыннарар киин “Сулусчаан” оҕо саада”. “Орто дойду олохтооҕо Ордьоот оҕонньор” Реас Кулаковскай олоҥхото, салайааччы Петрова П.Н.
— 15.000
— Анал бириис – пылесос (Алдан нэһилиэгин “Кытыл” норуот айымньытын дьиэтэ);
• 3 үрдэл – Таатта улууһун Уус-Таатта “Харыйачаан” оҕо саада. Д.К.Сивцев – Суорун Омоллоон “Ньургун Боотур” олоҥхоттон быһа тардыы, салайааччы Максимова М.К.
— 10.000 солк.
— Анал бириис – оҕолорго сахалыы остуол оонньуулара (Л.Д.Габышева маҥнайгы үөрэппит кылааһын оҕолоро);
— Эр дьоҥҥо анал аат “Бастыҥ олоҥхону толорооччу” – 5000 солк. Дмитрий Григорьевич Неустроевка (Л.Д.Габышева кыра кыыһа Арина Егорова дьиэ кэргэнэ);
— Анал бириис – паарынан үрэр өтүүк (улуустааҕы норуот айымньытын дьиэтэ);
• 1 үктэл – Таатта улууһун Тыараһатааҕы орто оскуола иһинэн “Сардаана” оҕо саада. Олохтоох ааптар Сэмэтэй “Оҕо Ньургун бухатыыр” олоҥхото, салайааччы Огонерова Г.С.
— 6000 солк. (РФ үөрэҕириитин туйгуна, Саха республикатын бочуотаах ветеран учуутала, учууталлар учууталлара Евдокия Николаевна Постникова дьиэ кэргэнэ).
— Анал бириис 5000 солк. “Аллан” маҕаһыынтан сертификат (“Алдан нэһилиэгэ” МТ);

Олоҥхону үлэһиттэр толорууларын уонна оҕолор норуот ырыатын толорууларын кэтэхтэн көрүү түмүгүнэн:
• Кылаан кыайыылаах — “Дьокуускай куорат” уокуругун № 70 Хатастааҕы “Кэрэчээнэ” дьыссаат – П.П. Ядрихинскай Бэдьээлэ “Дьырыбына Дьырылыатта Кыыс Бухатыыр” олоҥхотуттан.
— 10.000 солк. (“Арылы Кустук” үөрэхтээһин общественнай ситим) .
• 1 үрдэл – Мэҥэ Хаҥалас улууһун Төхтүрдээҕи “Мичил” оҕону сайыннарар киин, Н.Л.Игнатьев – Билгэ “Кэхтэри билбэтэх Уолан Эрилик”, салайааччы Верховцева А.Н.

Олоҥхону үлэһиттэр толорууларын кэтэхтэн көрүү түмүктэрэ:
• Кылаан кыайыылаах – Таатта улууһун Ытык-Күөллээҕи “Күн Туллуктара” оҕо саада. П.П. Ядрихинскай Бэдьээлэ “Дьырыбына Дьырылыатта Кыыс бухатыыр” олоҥхото, салайааччы Шестаков А.В.
• 1 үрдэл – Таатта улууһун Игидэй орто оскуолатын иһинэн “Теремок” оҕо саада, П.Е.Решетников –Көһөҥө Бүөтүр “Күөнэ көҕөччөр аттаах Күн Күндүлү бухатыыр” олоҥхото, салайааччы Иванова С.А.
• 2 үрдэл – Томпо улууһун Кэскилиттэн “Кэскилчээнэ” оҕо саада, “Ньургун Боотур” олонхоттон толоруу, салайааччы Мярина Н.Х.

Уһуйаан иитиллээччилэрэ бөлөҕүнэн норуот ырыатын толорууларын күрэҕин кэтэхтэн көрүү түмүктэрэ:
• Кылаан кыайыылаах – Үөһээ-Бүлүү, “Теремок” оҕону сайыннарар киин.
• 1 үрдэл – Мэҥэ-Хаҥалас улууһун Павловскай бөһүөлэгин № 2 “Мичээр” оҕону сайыннарар киин “Тииҥчээн” бөлөҕө, салайааччы Романова Л.П.
• 2 үрдэл – Сунтаар улууһун “Чебурашка” № 3 оҕону сайыннарар киин “Кэскил” бөлөҕө, салайааччы Иванова З.М.
• 3 үрдэл – Дьокуускай куорат №16 “Золотинка”оҕо саадын “Сулусчаан” улахан бөлөҕө, салайааччылар Сысолятина В.И., Данилова М.Р.
• 1 үктэл – “Дьокуускай куорат” уокуругун № 70 Хатастааҕы “Кэрэчээнэ” дьыссаат, салайааччы Ксенофонтова Г.К., Старкова В.Н.
• 2 үктэл – Мэҥэ-Хаҥалас улууһун Павловскай бөһүөлэгин № 2 “Мичээр” оҕону сайыннарар киин “Тииҥчээн” бөлөҕө (уолаттар), салайааччы Шарина В.Н., Романова Л.П.
• 3 үктэл – Сунтаар улууһун “Чебурашка” № 3 оҕону сайыннарар киин “Күнчээн” бөлөҕө, салайааччы Иванова З.М.

Тэрээһини Таатта улууһун оскуола иннинээҕи саастаах оҕону үөрэтэр муниципальнай бүддьүөт тэрилтэтэ 2№-дээх “Сулусчаан” оҕону сайыннарар киин иитиллээччилэрэ кэрэ чуор ырыаларынан киэргэттилэр (салайааччы Г.Н.Дуюкова).
Алдан нэһилиэгин модельнай библиотекатын сүрүннүүр библиотекара Маркова А. К. тэрийбит “Сырдык сулус буолан сыдьаайа сылдьыаҕа” кинигэ быыстапкатын кэлбит дьон сэҥээрэ көрдүлэр.
Үйэлэргэ салҕанар “Олоҥхо – ийэ тыл сүмэтэ” күрэһин Розалия Петровна Докторова, Ульяна Николаевна Постникова сомоҕолоһуу оһуохайынан түмүктээтилэр.
Күүс-көмө буолбут дьоммутугар чуолаан улуустааҕы норуот айымньытын дьиэтин дириэктэригэр Гаврил Гаврилович Вырдылиҥҥа, фольклору сүрүннүүр методист Майя Гаврильевна Егороваҕа, Уус-Тааттатааҕы норуот айымньытын дьиэтин дириэктэригэр Варвара Ананьевна Максимоваҕа, коллективтар бары үлэһиттэригэр, спонсордарбытыгар итии-истиҥ махтал тылбытын тиэрдэбит .
Үтүө киһи аата үйэлэргэ сүппэтин, кэлэр кэнчээри ыччакка кини айар үлэтэ, олорон ааспыт олоҕо тус холобур буолан хас биирдии киһи сүрэҕэр сөҥөн сырыттын!
Тэрээһиҥҥэ барыта 230 киһи кыттыыны ылла, ол иһигэр күрэскэ Томпоттон, Тааттаттан, Мэҥэ Хаҥаластан, Хатастан, Дьокуускайтан, Үөһээ Бүлүүттэн, Сунтаартан 170 кыттааччы.

Тэрийээччилэр Уус-Тааттатааҕы «Харыйачаан» оҕо уһуйаанын коллектива

Добавить комментарий

Ваш адрес email не будет опубликован. Обязательные поля помечены *