Быйыл кулун тутар 3 күнүгэр саха дьахталларыттан бастакы ССРС суруйааччыларын сойууһун чилиэнэ, сахалыы оҕо литературатын төрүттэспит прозаик, тылбаасчыт, фольклорист, суруналыыс Анна Денисовна Неустроева төрөөбүтэ 120 сылын туолла.
Бу бэлиэ кэмҥэ анаммыт «Саха литературатын бастакы ньургуһуна» диэн үөрүүлээх мунньах кулун тутар 10 күнүгэр Дьокуускай куоракка соҕотох саха суруйааччытын аатын сүгэр Н.Д. Неустроев аатынан Smart-библиотекаҕа Саха сирин суруйааччыларын сойууһун, «Чолбон» уус-уран литература сурунаалын эрэдээксийэтин, Дьокуускай куораттааҕы «Таатта түмсүү», Таатта улууһун «Алдан нэһилиэгэ» тыа сирин түөлбэтин, Н.Д. Неустроев аатынан Уус Таатта орто оскуолатын тэрийиилэринэн буолла. Санатар буоллахха, суруйааччы төрөөбүт күнүгэр Уус Тааттаҕа оскуола оҕолоругар анаммыт Неустроев ааҕыылара ыытыллыбыттара.
Үөрүүлээх тэрээһин иннинэ Уус Тааттаттан кэлбит делегация, Саха сирин Суруйааччыларын сойууһун чилиэннэрэ уонна аймахтара Ньукуола таҥара дьиэтин тэлгэһэтин иһигэр турар Неустроевтар мэҥэ өйдөбүнньүктэригэр сүгүрүйэн тыыннаах сибэкки уурдулар.
Алдан нэһилиэгэ бэлэмнээбит убайдаах-балыс суруйааччылар Николай уонна Анна Неустроевтар айар үлэлэригэр уонна олохторугар анаммыт быыстапка Smart-библиотекаҕа турда. Санатар буоллахха, быыстапка өссө уонча хонук устата көрдөрүллүөҕэ. Үөрүүлээх мунньаҕы аспыт Саха сирин Суруйааччыларын сойууһун бэрэссэдээтэлэ, саха норуодунай поэта Наталья Харлампьева Дьокуускай куорат биир улахан библиотекатыгар Н.Д. Неустроев аата иҥэриллибитэ кэрэхсэбиллээҕин, бу библиотекаҕа саха суруйааччыларыгар анаммыт биир бастакы тэрээһин буоларын бэлиэтээтэ.
—“Бастакы” диэн аат сүрдээх эппиэтинэстээх – Анна Денисовна саха дьахталларыттан бастакынан ССРС Суруйааччыларын сойууһун чилиэнин үрдүк аатын сүкпүтэ. Кини биир бастакы оҕо суруйааччытын быһыытынан айбыт айымньылара күн бүгүҥҥэ диэри оҕо болҕомтотун тардаллар. Кини аатын өссө киэҥник билиһиннэрии – биһиги сорукпут. Фольклорист киһи быһыытынан поэзия жанрыгар үлэлиэн сөп этэ эрээри, прозаны талбыта кэлин саха дьахталлара ити жанры сайыннаралларыгар олук уурбута, – диэн дириҥник анаарда.
Дьокуускай куорат баһылыгын солбуйааччы, Дьокуускай куораттааҕы «Таатта» түмсүү салайааччыта Владимир Аржаков Smart-библиотекаҕа саха литературатын төрүттэспит Н.Д. Неустроев аата иҥэриллибитэ улахан суолталааҕын уонна бу нөҥүө тэрилтэ Тааттаны кытта ситимнэспитин бэлиэтээтэ, убайдыы-балыс Неустроевтар курдук сайдыылаах эдэр ыччат элбээн иһэригэр баҕа санаатын эттэ.
Алдан нэһилиэгин баһылыга Егор Постников Николай Денисович Неустроев аатын Smart-библиотекаҕа иҥэриигэ үлэлэспит Гаврил Андросовка, Владимир Аржаковка, Евгений Николаевка уонна Дьокуускай куораттааҕы киин библиотека ситимин дириэктэригэр Ньургуйаана Решетниковаҕа махтал суруктары туттарда.
Дьокуускай куораттааҕы киин библиотека ситимин дириэктэригэр Ньургуйаана Решетникова ыччакка туһаайан этиитигэр тоһоҕолоон Николай Денисович Максим Кирович Аммосовтыын, Платон Алексеевич Ойуунускайдыын бииргэ үөрэммитин, кини уонна балта Анна Денисовна эдэр эрдэхтэринэ айан-тутан кэрэхсэбиллээх айымньылары айан туспа суоллаах-истээх суруйааччылар буола үүммүттэрин эттэ. Уонна ыччат дьон ааҕыыны бастыҥ доҕор оҥоһуннаҕына инникилээх буоларын тоһоҕолоото.
М.К. Аммосов аатынан ХИФУ РФ ХИНТуоКИ дириэктэрин наукаҕа солбуйааччы, доцент, филология наукатын кандидата, Уус Тааттаттан төрүттээх литературовед Матрена Попова «А.Д. Неустроева олоҕо уонна айар үлэтэ» диэн дакылааты аахта.
Бу дакылаат чэрчитинэн суруллубут чинчийээччи «Саха бастакы дьахтар суруйааччыларын дьылҕалара. Анна Неустроева төрөөбүтэ 120 cылыгар» диэн ыстатыйатын «Чолбон» сурунаал үһүс нүөмэриттэн эбэтэр сурунаал электроннай архыыбыттан билсиэххитин сөп. Онтон Н.Д. Неустроев аатынан Уус Таатта орто оскуолатын музейын салайааччыта Антонина Неустроева слайд нөҥүө убайдаах-балыс суруйааччылар олохторун уонна айар үлэлэрин, кинилэр сырдык ааттарын үйэтитии туһунан сэһэргээтэ.
ХХ үйэ долгунугар оҕустаран тараан буолан тарҕаммыт Таатта төрдүн Неустроевтарын удьуордара киэн туттар аймахтарыгар анаммыт үөрүүлээх мунньах мааны ыалдьыттарынан буоллулар уонна эҕэрдэ тылларын эттилэр. Ол иһигэр Анна Неустроеваны тиһэх суолугар атаарбыт балта, саха номоххо киирбит ырыаһыта Анна Егорова кыыһа, РФ уонна СӨ үтүөлээх бырааһа Земфира Макаровна Кузьмина кытынна. Саха норуодунай суруйааччылара Сэмэн Тумат, Елена Слепцова-Куорсуннаах, уһун кэмҥэ Уус Таатта оскуолатыгар дириэктэрдээбит СӨ үөрэҕириитин үтүөлээх үлэһитэ Петр Дягилев, Smart-библиотека кыраайы үөрэтэр салаатын үлэһитэ Маайа Беленкова санааларын үллэһиннилэр.
Оҕо суруйааччытыгар анаммыт тэрээһин кэнчээри ыччат кыттыгаһа суох барбат – быйылгы Неустроев ааҕыыларын лауреата, Таатта улууһун Уолба орто оскуолатын 5-с кылааһын үөрэнээччитэ Айаана Семенова «А.Д. Неустроева “Тиргэһиттэр” кэпсээнигэр Ааныска прототиба кимий?» диэн кэрэхсэбиллээх дакылаатын билиһиннэрдэ уонна прототип – «Бочуот знага» уордьан кавалера, СӨ үтүөлээх учуутала Анна Васильевна Хоноехова туһунан сэһэргээтэ. Онтон Н.Д. Неустроев аатынан Уус Таатта орто оскуолатын 6-с кылааһын үөрэнээччилэрэ Анна Неустроева «Оҕолор» кэпсээнинэн бэрт сэргэх инсценировканы көрдөрдүлэр.
Саха литературатын төрүттэспит Н.Д. Неустроев аата иҥэриллибитинэн ситимнээн Саха сирин Суруйааччыларын сойууһа, Алдан нэһилиэгэ, Уолба орто оскуолата, суруйааччы аймахтара Smart-библиотека фондатыгар сэдэх уонна автографтаах кинигэлэри бэлэхтээтилэр.