1 Star2 Stars3 Stars4 Stars5 Stars (No Ratings Yet)
Загрузка...
220 views

Билсиҥ, саҥа кинигэлэр

    Таттинский улус: библиографический справочник/ Муниципальное казенное учреждение культуры « Таттинская межпоселенческая централизованная библиотечная система». Ытык – Кюельская центральная   библиотека им. А.К.Аргунова; составители: У.И.Заболоцкая, Е.И.Шестакова; ответственный за выпуск А.К.Билюкина. –  Якутск: Дани-Алмас, 2023.-644с.

      Библиографический справочник включает книги по истории Таттинского улуса. Документы отражают жизнь улуса по всем отраслям знания: экономике, народному образованию, культуре и др.

      Издание адресовано сотрудникам библиотек, работникам культуры, краеведам, исследователям Таттинского улуса и Якутии в целом

     Макарова ОльгаНиколаевна.

         Айымньы күлүүһүн арыйдахха: ( саха литературатыгар ырытыылар, сэҥээриилэр, бэлиэтээһиннэр) / О.Н. Макарова.- Дьокуускай : Алта, 2023.-304 с.

      Бу кинигэҕэ Ольга Макарова литература кириитигин быһыытынан  араас кэмҥэ суруйбут ыстатыйалара, бэлиэтээһиннэрэ түмүлүннүлэр. Айар тыл аҕалара, классик суруйааччылар, аныгы литература бэлиэ ааттара, Таатта айар куттаахтара – бу үлэлэри барыларын бииргэ түмтэххэ саха уус- уран литературатын моһуона ырылыччы тахсан кэлэр.

 

Ионова,Мария Николаевна. /  Хомуйан оҥордо Е. Д. Будикин. – Дьокуускай : Сайдам, 2017.-128с.

      Ааптар кинигэҕэ саха дьонун олоҕун чэпчэтиигэ күүһэ кыайарынан көмөлөспүт , элбэх саҥа этиилэр киллэрбит бастакы үөрэхтээх дьахтар М.Н. Андросова- Ионова туһунан матырыйааллары хомуйан киллэрдэ.

      Кинигэ ааҕааччы киэҥ араҥатыгар ананар

       Гоголев, Василий Иннокентьевич – Уйулҕан.

       Хаҥаластан хааннаахтар, Тигиилээхтэн төрүттээхтэр. Уһун Дьуона : исторический роман /  Василий Гоголев ; кинигэ таһын Д.Н.Мухин ойуулаата. – Дьокуускай : Айар, 2022. —  288 с.

        Исторический арамааҥҥа былыргы дьыллар быралыйармындааларыгар Хаҥаластан хайдан барбыт Тыгын Дархан күтүөтэ, бордоҥнор төрүттэрэ Түүлээх Дүҥүрдээх Түлүөн Ойуун уолаттарынаан Ньурба сиригэр тиийэн ууһаан – тэнийэн, Ньурба улууһун төрүттэспиттэрин туһунан сырдатыллар.

          Федоров, Афанасий Семенович.

          Саха ыалын сиэрэ- туома / А.С. Федоров ; худуоһунньуктар : Е.И. Кривошапкина, И.Г. Белолюбская. – Дьокуусай : Айар, 2023.-240с.

          Төрүт култуураны дириҥник билэр, норуокка тарҕатар, ыччакка уһуйар ытык киһи, алгысчыт Афанасий Федоров өбүгэлэрбит  үйэлэри уҥуордаан кэлбит үгэстэрин, сиэрдэрин – туомнарын аныгы саха ыалы, дьон сэргэ сөпкө тутуһалларыгар сүбэ-ама биэрэр.

          Кинигэ ааҕааччы киэҥ араҥатыгар туһуланар.

Традиционная технология и современные методы

изготовления кумысного сосуда чорон : школа мастерства / « Чорон XXI век» ; составитель А.П.Лопатин. – Якутск: Якутская республиканская типография им. Ю.А.Гагарина, 2022. – 72 с. : ил.Агенство СIP НБР Саха

К году культурного наследия народов России и 100- летию ЯАССР.

Михайлов, Валерий Егорович.

      Чабырҕахтар: чуопчаара чаҥый, чугдаара чоргуй: [алын уонна орто саастаах оскуола оҕолоругар] / алын Чаҕаан. – Дьокуускай : Айар, 2023.- 128 с.

      Кинигэҕэ киирбит саха олоҕор – дьаһаҕар сыһыаннаах чабырҕахтар оҕо чабырҕах нөҥүө сомоҕор домохтору, харыс тыллары, дьүһүннээһиннэри, түүрдүү тыллары о.д.а. билэригэр тирэх буолуохтара. Оҕо толкуйдуур дьоҕурун сайыннарарыгар, тылын саппааһын байытарыгар, өйүн эрчийэригэр, төрөөбүт тылыгар интэриэһин көбүтэригэр, тылын имитэригэр көмөлөһүөхтэрэ.

Бравина, Розалия Иннокентьевна.

     Алгыстаах туомнар : сиэр- туом / Розалия Бравина ; Д.Н.Мухин ойуута. – Дьокуускай : Айар, 2023.-128с.

Кинигэ5э күннээҕи олоххо туһуламмыт тэттик алгыстар киирдилэр. Дьиэ кэргэн тускулун, айыы киһитин саргытын салайар иччилэргэ, айыыларга сүгүрүйүү , харысхал туомнара, сиэрдээх олох үгэстэрэ , киһилии сиэр – майгы сырдатыллар.

Захаров, Петр Иванович.

     Сүрэх хирург хараҕынан : быһаарыылар , сүбэлэр , тэттик санаалар / П. И. Захаров ; М. К. Аммосов аатынан Хотугулуу – Илиҥҥи бэдэрээлинэй үнүбэрситиэт мэдисиинэ үнүстүүтэ , Саха Өрөспүүбүлүкэтин доруобуйа харыстабылын министиэристибэтэ , М. Е. Николаев аатынан Мэдисиинэ национальнай киинэ – үрүспүүбүлүкэ 1- гы нүөмэрдээх балыыһата. – 2-с эбиилээх таһаарыы. – Дьокуускай : Айар 2023. – 176 с.

     Саха сиригэр сүрэх – тымыр ыарыыларын хирургиятын төрүттээбит, элбэх дьону өлөр өлүүттэн өрөһүйбүт сүҥкэн үтүөлээх кардиохирург Захаров П.И. өр сыллаах сыралаах үлэтин түмүгэр , уопутугар олоҕуран , сүрэххэ оҥоһуллар эпэрээссийэлэр көрүҥнэрин бэрт сиһилии быһаарар , ааҕааччыга сүбэ – ама биэрэр.

Гаврильева, Евдокия Степановна

     Үрдүк үүнүү кистэлэҥэ : сибэкки, оҕуруот кинигэтэ /  Евдокия Гаврильева – Сибэкки Дуунньа.- Дьокуускай : Айар, 2023. – 132 с.

      Ааптар бэйэтин өр сыллаах үөрүйэҕэр олоҕуран, күөх үүнээйилэри көрүү – истии уопсай ирдэбиллэрин, кыһыҥҥы уонна сайыҥҥы сибэккилэр, оҕуруот аһын уратыларын, кинилэри буортулаах ыарыылартан, үөнтэн- көйүүртэн сэрэтэр, харыстыыр дьаһаллары хайдах тэрийэрин, үрдүк үүнүүнү ылар кистэлэҥнэрин үллэстэр, итиэннэ тиэргэни хайдах тупсарар туһунан сэһэргиир.

Александров, Иван Парфеньевич.

Дьылҕа оҥоһуута: ( кэпсээннэр) / Иван Александров.- Дьокуускай: СМИК –Мастер. Полиграфия, 2023,-192с.

 

Бу кинигэҕэ суруйаачы бэйэтин олоҕуттан суруйуулар.

80-90-с сыллардааҕы кэмнэр, массыына перегона, предпринимательство саҕаланыыта. Араас дьылҕалаах дьон олохторун быстах түгэннэриттэн, украинаҕа сво уонна чечен сэриитигэр сылдьыбыт дьон кэпсээннэрэ киирдилэр.

 

Тумат, Сэмэн.

Легенды и судьбы : [ легенды ] / Сэмэн Тумат. – Якутск : Айар , 2023. – 160 с.

Легенды и предания… Это ведь судьба когда-то живших людей , их пример и урок, оставшийся в поколениях на века. В книге собраны легенды и предания, услышанные, записанные и бережно хранимые автором в назидание молодому поколению. Предназначено для широкого круга читателей.

 

Слепцова, Елена Васильевна – Куорсуннаах.

     Сыгынах күлүгэ : хоһоонунан сэһэн / Елена Слепцова – Куорсуннаах. – Дьокуускай : Айар, 2023.- 192 с.

      Көмүс уххана… Көмүскэ умньаммыт уустук дьылҕата. Көмүс, Сир Ийэ түгэҕиттэн үөһэ күөрэйэн тахсан, чаҕыл күлүмүнэн Киһи өйүн сүүйүүтэ, бэйэтигэр билиэн ылыыта итиэннэ таба туттарбакка, син биир кута түстэммит, түгэҕэ биллибэт далайыгар төттөрү симэлийиитэ иччилээх оҥоһуу буолбаат?!     

            Сир көмүһэ көстүүтэ Сибииргэ дьон олоҕун сайдыытыгар сүҥкэн суолталаммыта.Ол эрээри саха былыр- былыргыттан көмүс көстөрүттэн дьаарханара, сэрэнэрэ, сиргэ түспүт «күн көлөһүнэ» диэн аньыыргыыра. Сир ийэ мээнэ баайын биэрбэт, толук ылар диэн куттанара. Ол туоһута бу хоһоонунан кэпсэммит сэһэҥҥэ толору ойууланна.

 

Сибирякова, Раиса Спиридоновна.

Учуутал: [кэпсээннэр] / Аайа; Дмитрий Мухин, Майя Сибирякова уруһуйдара.- Дьокуускай : Айар, 2023.-128с.

        Төрүөҕүттэн көрбөт оҕо бу күн сирин, тулалыыр эйгэтин, күндү ийэтин хайдах          «хараҕар» ойуулууруй? Таптыыр идэтин баһылаары дьиэтин-уотун умнан туран, түүннэри-күнүстэри үлэлиир эдэр учуутал кыыс атын киһи алҕаһын толуйа “ол дойдуга” аттанара диэн бу тугуй? Тыла суох соҕотох дьахтар киниэхэ Айыыһыта анаабыт оҕотун хайдах иитэн киһи-хара гынарый? Ааптар кэпсээннэрин дьоруойдара олох ухханыгар түбэһэн, кинилэри харгыстаабыт эрэйи-кыһалҕаны, тургутуулары эт хааннарынан хорсуннук ааһан, олохторун отуорун көннөрүөхтэрэ дуо? Биитэр Дьылҕа Хаан кинилэргэ өлүүлээбит чэпчэкитэ суох дьылҕаларыгар бэринэн, түҥнэри төлкөлөнөллөр дуу?

 

Маисов, Семен Семенович.

          Дьолго дьулуһар буоллахха…роман/ Сэмэн Маайыһап ; худуоһунньук Д.Н.Мухин.- Дьокуускай: Айар,  2023.-с.

          Силиһин-мутугун, төрдүн-төбөтүн умнан, төлкөлөөх түөрэҕэ олорбут сириттэн тэлэһийбит, төрөөбүт тылын, үгэһин ахсарбакка, төрүт эйгэтиттэн тэйбит киһи уйгулаах олоҕунан угуйа ыҥырар туспа-туора кытылга тиксэн, сирдээҕи дьолун буолуо, кэрэ кэскилин уһансыа, чэчирээн-чэлгийэн, үүнэн-сайдан омугун аатын ааттатыа дуо?

 Бу тыын суолталаах ыйытыыга хоруйу талааннаах суруйааччы Сэмэн Маайыһап бу дьоһун айымньыттан булан , олоххо күүс биэрэр тыын, хараанныыр- араҥаччылыыр сүдү күүс кистэлэҥин арыйыаҥ…

 

 

Иринцеева- Огдо, Евдокия Семеновна.

          Санатыма дуу. Ааспыты…: сэһэн, кэпсээннэр.- [ 2-с уларыйыылаах таһаарыы]. / Огдо.- Дьокуускай: Айар, 2023.-192с.

          Сэһэҥҥэ эдэркээн кыыс-дьахтар туһунан суруллар эрээри, дьиҥ ис хоһооно, кистэлэҥ тыына эр хоһууннарга ананар уратылаах: “ Харыстаан даа кыыһы, дьахтары! Таһыттан көрдөххө чахчы да тулуурдаах, кыайыгас буолуо эрээри, кини иҥиир ситиитэ кэбирэх, кирсин дуома чараас көрүөх бэтэрээ үрэллибит курдук эстэн түһүө, элэс гыныа! Хаһан да төннүбэттии! Өйдөөн даа, эрдэтинэ”.

          Кэс тыл,көрдөһүү көҥөс тыллара кулгаахха иһиллэргэ дылылар…          

 

Добавить комментарий

Ваш адрес email не будет опубликован. Обязательные поля помечены *