Томпо үрэҕин тардыытыгар олохтоох дьоҥҥо төрөөбүт. Төрөппүттэрэ элбэхтик оҕоломмуттарыттан Ньукулай эрэ ордубутугар ыксаан, сир уларытан, «Киэҥ Күөлгэ» Күөл Төрдүгэр сытыары дьиэҕэ эбии туруору балаҕан туттан көһөн кэлбиттэр. Оҕолортон соҕотох ордубутун иһин «Тобох» диэн ааттаабыт буолуохтарын сөп. Кини улаатан баран балачча биллэр, бэйэтин кыанар, тэтиэнэх киһи буолбут. Төһө да оскуолаҕа үөрэммэтэр, бэйэтэ кыһаллан ааҕар, суруйар буолбут, мындыр өйүнэн, сатабылынан син киэҥ сиринэн сылдьыбыт.
Бэйэтэ хойуу будьурхай баттахтаах, намыһах уҥуохтаах, маадьаҕардыҥы атахтаах, кэтит көҕүстээх, дараҕар сарыннаах бэйэтин кыанар киһи эбитэ үһү.
Эдэригэр Бодойбоҕо (Тайхаҕа) мас кэрдиитигэр, дьиэ тутар биригээдэҕэ үлэлээбит. Онно бииргэ үлэлиир дьонноро дьиэ эркинин маһын санныгар сүгэн таһаарарын сөҕө көрөллөрө үһү.
Үлэлээн бүтэн төннөллөрүн саҕана дьонун кытта сүбэлэһэн олохтоохтору кытта хаартылаабыттар. Хаарты арыгыта суох сатаммат. Аһааһын-сиэһин, үөрүү-көтүү, күлүү-салыы бөҕө. Дьиэлээхтэр төһө да үөрэ-көтө олордоллор, бэйэлэрэ кыраны иһэллэр, ыалдьыттарыгар элбэҕи хатаҕалыыллар, ону Тобох Ньукулай бэлиэтии көрөн, дьонун сэрэппит. Аһылык быыһыгар, таһырдьа быстах наадаларыгар тахса сылдьан, сүбэлэспиттэр. Тобохтоох үһүөлэр, анарааҥылар сэттиэлэр. Ньукулайдаах үс сыарҕа аттаахтар, онон биир киһилэрин сэрэтэн, киирэ-тахса сылдьарыгар эппиттэр. Туох эмэ куһаҕан сибики билиннэҕинэ куотарга бэлэмнэнии буолбут. Түүн хойукка диэри олорон, бааҥҥа харчы халыҥаатаҕына Ньукулайдара быстах наадабар тахсабын диэн баран, бааны барытын охсон ылыахтаах. Улаханнык хаһыытыы түһээт, остуолу охсор, оччоҕо оонньообокко олорор киһи таҥаһын харбаат таһырдьа ойуохтаах, биирдэстэрэ ааҥҥа туруохтаах, Ньукулайдара харчыны мөһөөччүккэ хомуйа тутан угаат, таһырдьаны былдьаһыахтаах.
Оонньуу салҕанан барбыт. Кини эппитин курдук, баан халыҥаабытын кэннэ, Ньукулай харчыта бааҥҥа сытарга тиийбэт буолан, буут кэриҥэ арыыны эбии угабын диэн эппитигэр, сөбүлэспиттэр.
Оонньуу тыҥыыр. Сүүттэрбит дьон харчыларын ыытыахтарын баҕарбаттар. Сэттиэ буолан үс киһиттэн күүс өттүнэн былдьаан ылаары бэлэмнэммиттэр. Сыаналарын бысыһан баран, хаартытын ылан көрбүтэ, кырдьык даҕаны, бааны биирдэ охсон ылар кыахтааҕын көрөн, улахан баҕайытык «Баар!» диэт, остуолу сырбатар, хаартытын тиэрэ быраҕар. Анарааҥылар соһуйан, долгуйан дөйбүт курдук олоро түһэр кэмнэригэр, харчыны остуолтан ньылбы сотон мөһөөччүгэр куду анньар да, таһырдьаны былдьаһан иһэн, олоппостон иҥнэн тиэрэ баран түһэн иһэн, мөһөөччүгүн аан айаҕар турар киһитигэр кыыратар. Киһитэ мөһөөччүгү хабан ылар да, таһырдьа ыстанар. Онуоха анараа дьон ойон туран, охто сытар киһини тула түмсэн эрдэхтэринэ, биир бастакы киһи хаатыҥкатын оһун айаҕыттан тутан сууллары тардан түһэрээт, кылана-кылана, тула холоруктаан, киһилэринэн бэйэлэрин түҥнэритэ биэрэр. Итини эрэ күүппэтэх дьон түҥ-таҥ түһэллэр, таптарбатахтар туора ойоллор. Итинник хаста да холоруктатан баран, утарылаһар кыаҕа суох киһини сиргэ элитэн, халҕаны атаҕынан тэлэйэ тэбэн, таһырдьа күүтэн турар дьонугар тиийэн, сыарҕалаах акка олорон, кыл тыынынан суолу тутуһаллар. Балачча ырааппыттарын кэннэ кинилэри батыһыннары иккитэ ытан хаалаллар да, доруобунньук кыаҕа тиийбэт сиригэр буолан биэрэллэр.
Дьиэлээхтэр айанньыттартан элбэх үбү хаартылаан сүүйбүт, байбыт дьон да буоллаллар, харса-хабыра суох сүүлүктэри санаа булан эккирэтэ сатаабатахтар. Арай хас да хонон баран, ханнык эрэ киһи тохтоон, хонон ааһар симиэбийэтигэр, били, хаарты оонньообут дьиэлэригэр баар, сааһыран эрэр киһини көрсүбүттэр да, билбэтэҕэ буолбуттар. Кэлин Ньукулай ол киһини анаан-минээн биһигини биллэрэ-көрдөрө, ханна баарбытын көрдөтө ыыппыт буолуохтарын сөп диирэ үһү.
Ньукулайдаах төннөллөрүгэр атын сиринэн букатын биллибэккэ ааспыттар. Сырыылара табыллан, улахан кыһалҕаҕа түбэспэккэ дойдуларын булбуттар. Онтон ыла хаһан да тайҕалаабатах.
Сааһын ситэн, дьоҥҥо-сэргэҕэ биллэн-көстөн иһэн, ойох ылан уруу оҥорбут. Ийэтэ саҥа кэлбит кийиити сытыы-хотуу харахтааҕын, туттара-хаптара дьороҕойун, үлэҕэ барытыгар улгумнук ылсарын сөбүлүү санаабыт. Кийиит кэллим диэн кэмчиэрийэн дьиэҕэ хаайтарбакка, уу баһан элэстэммит, мас мастаан бэлэмнээбит, бурдук да тардыбыт. Дьиэлээх хотун кийиитин көрө сылдьан күүһүн-күдэҕин билэргэ быһаарыммыт. Балачча ону-маны сыымайдаан баран, кэлин тобулбут.
Сайын сайылыкка олорон, балачча үгүс сүөһүлээхтэриттэн, ынахтарын ыан баран таһырдьа мэччитэ үүртэлээбиттэр. Кийиит Өрүүнэ туох эрэ наадаҕа ыалга барбытын кэннэ, ийэ кылына биир тиҥэһэ бургунаһы оттуур ходуһаларыгар киллэрэн, ааны сабан хаайан кэбиһэр. Үүнүүлээх окко киирбит тиҥэһэ тото-хана мэччийэ сырыттаҕына, кийиит ыалтан кэлэр. Онуоха ийэ кылына оттуур сирдэригэр тиҥэһэлэрэ «күрүөһүлээн» киирбитин этэр.
-Тукаам, Өрүүнээ ходуһабытыгар сүөһү киирбит, эдэр киһи таһааран кэбис эрэ,-диэн көрдөһөр.
-Бай, ол ханан киирдэҕэй? Сибилигин таһаарыам,- диэн баран, сып-сап туттан тахсар. Киһи иһэрин көрөн, тот тиҥэһэ дэлэгэй астан тахсымаары дьирээлэһэр. Дьахтар киирбит сиринэн тахсыа диэн кэнниттэн эккирэтэр да, үс мастаах күрүөнү хантан көтүөй, быыһынан тахсыа дуу… Өрүүнэ тиҥэһэтэ кыайан тахсыа суоҕун билэн, күрүө үрүт маһын ылан баран, муннукка хаайан, муоһуттан умса баттаан, ханна да хамсаппакка, саҥа төрөөбүт ньирэйи көтөҕөрдүү, түөрт атаҕын икки илиитинэн ыбылы кууһан, күрүө алын маһыттан салҕанан, тиҥэһэтин күрүө таһыгар туруоран кэбиспитин дьиэлээх хотун кистээн көрөн баран сөрү диэн сөхпүт. Ону биллэримээри туос иһит тикпитэ буола олорбут.
Кийиитэ киирбитигэр.
-Хайа, таһаардын дуо, ханан киирбитий?-диэн ыйыта тоһуйбут.
-Таһаардым, ханан киирбитэ буолла, күрүө бүтүҥҥэ дылы,-диэн хардарар.
-Ааны аһаҕас хааллардахтара дуу?..-диир хотуна.
-Аан сабыылаах, -диир биирдэстэрэ.
-Эн ханан таһаардыҥ?-диэн ыйытар.
-Аанынан…-диэн баран, кийиит тохтоон хаалар.
-Ээ… Мин өйдөөн көрбөккө хаалбыппын,-диэн ханалыта соҕус саҥарар ийэ кылына.
-???
Ити түбэлтэттэн ыла ийэ кылына кийиитин биирдэ да утары саҥарбакка, бэркэ маанылаан, эйэ дэмнээхтик олорон өлбүт.
Кийиит оҕолонон-урууланан ыал киэнэ бэрдэ буолбут. Эр киһилии мас мастыырын, от охсорун, мунньарын, кэбиһиигэ ханнык да эр киһиттэн итэҕэһэ суох кыдамалыырын туһунан аймах-билэ дьоно сөҕөн кэпсииллэрин хойукка диэри истэрбит дэһэллэр кырдьаҕастар. (Баһылай Тарабыыкын. Төлкө түстэниитэ. Дьокуускай 2004. с.152 ).
Гражданскай сэрии дьоруойа Хабырыыл Баһылайабыс Дьөгүөрэп-Бартыһаан Дьөгүөрэп, 1931 сыл Тандаттан Баайаҕанан быһа түһэн, Уус Тааттаны курдары ааһан, Киэҥ Күөлгэ быһа тиийбит. Ол тиийбит соругунан-сыалынан өрөбөлүүссүйэ маҥнайгы сылларыттан ыла бэрт үчүгэйдик билсиспит, доҕордоспут, эн-мин дэһэн сылдьыбыт мас ууһугар Ньукулай Тарабыыкыҥҥа-Тобох Ньукулайга аатын ааттаан тиийиитэ буолбут.
Ол тиийэн өр көрсүспэтэх доҕордуулар сааскы уһун түүнү быһа халлаан сырдыар диэри кэпсэппиттэр. Ол киэһэ Хабырыыл Баһылайабыс Хара Алдаҥҥа оскуола туттарар соруктааҕын эппит уонна оскуолаларын былаанын оҥорон баран, Тобох Ньукулайы маастарынан ыҥырбыт. Онуоха Ньукулай туох да кэтэмэҕэйдээһинэ суох, оскуоланы маастардаан туттарарга сөбүлэҥин биэрбит.
Ол кэнниттэн Танда, Кириэс Халдьаайы оскуолаларын тутууларыгар эмиэ маастардаабыт.
Ньукулай оҕонньор хойуу будьурхай баттаҕын күлтүччү кырыйтаран баран, бэйбириэт ыстаанын кэтэн, маадьаҕар соҕус атаҕар хара саппыйаан тирэҥсэни анньынан, ырбаахытын курданан, чэпчэки-чэпчэкитик хааман сэгэлдьийдэҕинэ эдэригэр хайаатар да кыахтааҕын, күүстээҕин туоһулуура. Кини күүһүн көрдөрө сатаан тустубатах, быа тардыспатах киһи.
Сааһыран баран, дьиэтиттэн-уотуттан тэлэһийбэккэ, бултаан-алтаан, билэр дьонугар дьиэ тэрилин оҥорон биэрэр буолбут. Хаһан даҕаны тимир тоһоҕону туттубатах. Кэлиҥҥэ диэри оҕонньор оҥорбут остуоллара, олоппосторо, хопполоро ыалларга сылдьыбыта, билигин араас омук тэриллэринэн туолбут дьиэлэриттэн үтүрүллэн, таһырдьа ампаарга, сарайга быраҕыллан эргэрэн бүппүттэрэ ырааппыт. Кини оҥорбут тэриллэрин ыпсарыыта ханан баара биллибэт гына мас сааһыгар сөп түбэһэрдии силимнээн туттарбытын дэбигис була охсубаккын.
Кэлин сааһыран, хараҕа мөлтөөн уһанарыттан уурайан, дьиэ ис-тас үлэтигэр сылдьан, ыалдьан өлөр.
Ойоҕо «Хорооннор» кыыстара Тарабыыкына Өрүүнэ, (хос эбэм) үрдүк уҥуохтаах, бөҕө-таҕа көрүҥнээх, Ньукулайыттан үрдүк, кэлбит-барбыт, элбэх саҥалаах, кыайыылаах үлэһит бастыҥа үһү. Күүһүн дьоҥҥо көрдөрбөтөх да, биир түбэлтэҕэ биллэрбит. Кэргэнэ Ньукулай от тиэйэн аҕалан сүөкээн баран, оҕуһун күрүөҕэ баайан, от биэрэн баран дьиэтигэр аһыы киирбит. Ол кэмҥэ Өрүүнэ хотонуттан тахсыбыта, оҕуһа, орулуу-орулуу, өлөрүнэн мөхсө турар үһү. Онуоха Өрүүнэ аан сүллүгэһин быыһынан көрдөҕүнэ, от кэнниттэн туох эрэ хара күлүк элэс гыммыт. Уһуну-киэҥи өйдүү барбакка, окко өйөннөрө уурбут хатыҥ балтарыгы туппутунан оҕуһугар ыстаммыта, оҕуһун эһэ миинэ сылдьар үһү. Булдугар үлүһүйбүт эһэни сиһигэр биллэһиннэрэрин кытта, кыыл өй-мэйдээх тулуйбатынан сарылааһын икки, орулааһын икки ардынан часкыйбытынан сиргэ сууллан түспүт. Ол үрдүнэн киһиэхэ утарылаһан ардай аһыытын ырдьатан, икки илин атаҕынан сыылаҥхайдаабытыгар эһэни төбөтүн сиигинэн түһэрэр. Охсуу улаханыттан хайдах эрэ хардьыгынас саҥаны таһаарбытыгар үһүстээн, төрдүстээн балтарык ыаллыыр. Эһэ өлөрдүү иҥиир-ситиитин таттарар, айаҕыттан, муннуттан хаан тохтор. Ити айдааны истэн Тобох Ньукулай кыбыытыгар киирбитэ, ойоҕо адьырҕа хайа тардыбыт оҕуһун буутун имэрийэ туран:
-Баҕайы, сүрэҕэлдьээн оҕускун киллэрбэккэ, эһэҕэ сиэтэ сыстыҥ,-диэбит.
Онуоха эрэ туох буолбутун илэ хараҕынан көрөн, чыпчырынан эрэ кэбиспит.
Сайылыкка саамай «Суостаах-суодаллаах» Өрүүнэ эмээхсин. Суоһа диэн кимтэн да куттаммата-дьулайбата, толлугаһа суоҕа. Сөбүлээбэтэх буоллаҕына санаатын хайаан да өтөрү-батары этэн баран тэйэр. Ол тухары наар кырдьык иһин туруулаһыы, баттаммыты көмүскэһии. Оннооҕор эрин, ааттаах бардам Тобох Ньукулайы ыых-маах дэппэт. Ордоотоото да оҕонньор «тэллэс» гына түһэр.
Кинилэр бастакы оҕолоро Дьэбдьиэй, Луха Даньыылап ойоҕо. Биллэр суруналыыс Өндүрэй Даньыылап төрөппүттэрэ. Иккис оҕолоро Акыым (Архыып) биһиги эһэбит. Үһүс оҕо Аана Суркуоба (сиэннэрэ Кириэс Халдьаайыга олороллор), биир кыыс эрдэ өлбүт.
Эмээхсин сиэннэрин олус таптыырын туһунан ахталлар.
Өрүүнэ эмээхсин маа бэйэлээх дьоройбут көнө уҥуоҕа ньүксүччү түһэн, мас тайахтанан, атаҕын үрдүгэр сылдьан, сытан айалаан-дьойолоон эрэйдээбэккэ тоҕус уон тоҕус сааһыгар орто дойдуттан аттаммыт.
-Дьэ, тукаам, арааһа өлөр буоллум быһыылаах, түүл-бит куһаҕан. Өллөхпүнэ, оҕом Ааныһым аттыгар көмөөрүҥ, -диэн киэһэ аһылыгын аһыы олорон күтүөтүттэн көрдөспүт.
-Эмээхсиэн, бачча ыалдьыбакка сылдьан хайдах өлө охсуоххунуй? -диэн күтүөтэ хардарбыт.
-Киһи кырыйдаҕына этэ-сиинэ охтубут мастыы эмэхсийэр буоллаҕа дии, -диэн сөбүлээбэтэҕин биллэрэн, күтүөтүгэр иэдэс биэрбит. -Оо, дьэ буолан истэхпит…-диэн быһаарыыта суох саҥарбыт уонна оронугар тиийэн утуйардыы оҥостон сыппыт.
Арай сарсыарданан күтүөтэ уһуктан кэлбитэ, урут эмээхсин дириҥник тыынан сурдургуур, сороҕор айалаан-дьойолоон эргийэр-урбайар бэйэтэ уу-чуумпутук сытар. Ону дьиибэргии санаан туран, тымтык булан, уматан эмээхсин оронугар баран иһиллээбитэ тыыммат, адьас утуйардыы улаҕа диэки хайыһан сытар эбит. Сэрэнэн сүүһүн тутан көрбүтэ хайыы-үйэ тымныйан хаалбыт, этэ-сиинэ көһүйэн эрэрин билбит. Ити курдук биир үйэни аҕыйах ыйынан кыайан толорбокко эмээхсиннэрэ таҥаралаабыт.
Эппитин курдук, кыыһа Аана таһыгар уҥуох туппуттарын туоһута буолан, суон тииттэн кириэс баҕана турбутун, сааскы өрт уота сиэн суулларбыта, баҕаната өргө диэри сыппыта сытыйан, эмэх буолан, күн-дьыл уларыйыытыгар ардахха сиигирэн, хаар уутугар суураллан, сылын аайы үүнэр от лаҥхатыгар бүрүллэн, иҥэн-сүтэн, урут билэр эрэ киһи «манан этэ ээ» диэн таайыан сөп буолбут. Төһөлөөх үтүө санаалаах, кыайыгас-хотугас, ириэнэх маһы илдьи тутар, тоҥ маһы тосту тардар күүстээхтэр-күдэхтээхтэр бэйэлэрин биллэрбэккэ, күүстэрин көрдөрбөккө күн сириттэн күрэнэн, суоллара-иистэрэ сүтэн, ааттара да ахтыллыбакка хаалбытын айбыт айыы таҥара билэрэ буолуо дуу, суоҕа дуу?!.
Хос эһэлээх эбэбит төһө да кыанар дьон кэккэлэригэр киирдэллэр, биһиги көлүөнэҕэ биллэр-көстөр күүстээх дьон суохтар.
Аҕам, Тарабыыкын Ньукулай Архыыпабыс (1928-25.12.1970)
1928 сыллаах күһүн Таатта улууһугар 2-с Байаҕантай нэһилиэгэр Киэҥ Күөлгэ төрөөбүтэ. Кыра эрдэҕиттэн холкуос үлэтигэр эриллэн улааппыта. Аҕатын эдьиийин уола «Кыһыл Сыһыы» холкуос бэрэссэдээтэлэ Луха Өндүрэйэбис Даньыылап сытыы, ону-маны билэр уолу, Куоланы атыгар мэҥэһиннэрэн илдьэ сылдьан, сир быалатара, ону-маны наадалааҕы суоттатара, суруттарара. «Солбуйааччым, суруксутум» диэн ааттыыра. Оҕо онно сылдьан туох эрэ улахан дуоһунаска тиксибит курдук сананара. Дьиҥинэн, бэрэссэдээтэл дөкүмүөнү төһө да билэрин иһин, бэйэтэ этэринии, түүлээх холбука буһара сатаабытын үрдүнэн, үөрэҕэ суоҕуттан, суруйуу чааһыгар улаханнык доҕолоҥнуура. (Баһылай Тарабыыкын. Төлкө түстэниитэ. Дьокуускай 2004. с.106).
Аҕам Уолба интэринээт-оскуолатын бүтэрэн баран Ытык Күөлгэ оройонуоҕа буҕаалтардыыр. Сааһыары үлэтиттэн уурайан холкуоһугар төннөн, сайыны быһа от охсуутугар сылдьыбыт.
Онтон 1951 с. педүнүстүтүүккэ саха салаатыгар үөрэххэ киирэр, нэһилиэгэр биир бастакынан үрдүк үөрэхтээх учуутал буолар. Устудьуоннуу сылдьан ийэбин, кинигэ маҕаһыынын атыыһыта Баайыһаба Кэтэриинэ Уйбаанабынаны көрсөн ыал буолаллар. Үөрэҕин кэнники сылларын кэтэхтэн бүтэрэр. Бастаан учуутал быһыытынан Чөркөөх оскуолатыгар 1956 сылга диэри үлэлиир, онтон 1956-1959 сылларга Төҥүлү орто оскуолатыгар учууталлыы сылдьан 1957 сыллаахха оскуола Түмэлин тэрийсибит, экспэнээт хомуйуутугар үлэлэспит. 1960-1961 үөрэх дьылыгар Өлөөн оройуонун Дьэлиҥдэтин оскуолатыгар дириэктэрдээн баран 1961-1964 сыллардаахха Өлөксөйөбүскэй оройуон Уолбатын оскуолатыгар саха тылын учуутала, онтон Уус Таатта оскуолатыгар 1964-1966 сылларга үлэлээбитэ. 1966-1968 сыллардаахха Төҥүлүтээҕи СПТУ-га үлэлиир. 1968-1969 үөрэх дьылыгар Булун оройуонун Күһүүрүн интэринээт-оскуолатын учуутала, 1969-1970 үөрэх дьылыгар Мэҥэ Хаҥалас Чыамайкытыгар үлэлии сылдьар, 1970 сыллаах күһүн Өлүөхүмэ оройуонун 1-кы Нөөрүктээйитин оскуолатыгар саха тылын учууталынан анатан тиийэр. Ол сыл ахсынньы 25 күнүгэр хаанын баттааһына үрдээн, тымыр быстан баара-суоҕа 42 сааһыгар олохтон туораабыта.
Кинилэр түөрт оҕоломмуттара; улахан уол Ньукулай 1955 сыллаахха Чөркөөххө төрөөбүтэ, иккис уол мин 1961 сыллаахха Төҥүлүгэ, Мааппа 1962, Болуодьа 1964 сыллардаахха Уолбаҕа төрөөбүттэрэ.
Аҕам эдэр сылдьан хоһоон суруйар идэлээх эбит да бэчээттэппэтэх. Аҕыйахтык хаһыакка ыстатыйалары суруйбут. Үчүгэйдик саахыматтыыра, дуобаттыыра. Булт диэн баран муннукка ытаабыт киһи этэ, ордук кустуурун сөбүлүүрэ.
Маһынан олус үчүгэйдик уһанара. 1964 сыллаахха бырааппын Буобугу оҕолоноору ийэм балыыһаҕа киирбитин кэннэ, бэлэх оҥороору оһуордаан, ойуулаан оҥорбут ыскамыайката билигин биһиэхэ турар. 1963 сыллаахха быһаҕынан оҥо кыһан ыскаап үрдүгэр кэтэрдиллэр киэргэли оҥорбутун, билигин Төҥүлү түмэлигэр аҕалан көрдөрүүгэ туруорабын.
Түмэл сэбиэдиссэйэ, АФ суруналыыстарын, СӨ суруйааччыларын сойуустарын чилиэнэ Уйбаан Тарабыыкын-Талыман