Сэтинньи 11 — 15 күннэригэр Уус-Таатта орто оскуолатыгар Кинигэ нэдиэлэтэ ыытылынна. Алдан нэҺилиэгин модельнай библиотекатын сүрүннүүр библиотекара Маркова А.К. , Н. Д. Неустроев аатынан орто оскуола педагог библиотекара Готовцева Р. А. 1 кылаастан 11 кылаас үөрэнээччилэригэр , «Суруйааччы, Суруналыыс, Учуутал» Тарабукин В.А. төрөөбүтэ 90 сылыгар аналлаах библиотечнай уроктары ыыттылар. Оҕолор суруйааччы олоҕун айар үлэтин билистилэр. Биктэриинэ таайдылар, суруйааччы айымньыларыгар уруҺуй уруҺуйдаатылар.
Сэрэдэҕэ «Ааҕыы-билии- көрүү түннүгэ» суруйааччы В.А. Тарабукин айымньыларыгар бэйэ кинигэ оҥоруутугар кылаастар икки ардыларыгар күрэхтэҺии ыытылынна. Оҕолор бэртээхэй кинигэлэри кылааҺынан, дьиэ кэргэнинэн, биирдиилээн оҥорбуттарын оскуола библиотекатыгар көмүскээтилэр. Тэрийэр сүбэ быҺаарыытынан Бастакы бөлөххө алын кылаастарга 1 миэстэни 4 кылаас коллектива, кылаас салайааччыта Никулина Софья Павловна. В.А.Тарабукин Көҕөн кэпсээнинэн. 1 миэстэни 1 кыл үөрэнээччитэ Иванова Аделина ийэтинээн Тэллээбэй кэпсээнинэн кылаас салайааччыта Петрова Федосия Романовна, 2 миэстэни Федоров Илья кылаас салайааччыта Колодезникова Туйаара Анатольевна В.А.Тарабукин Сордоҥу миинии кэпсээнинэн ыллылар. 2 бөлөххө 5- 8 кылаастарга 1 миэстэҕэ икки кылаас, 7 кылаастар Аянитова Эльза уонна Баратова Нелли Кыталыктар кэпсээни кылаас салайааччыта Кучурова Наталья Николаевна , 5 кылаастар , Колодезникова Альмира, Сивцева Ванесса,Татаринова Алиса салайааччы Осипова Вера Семеновна В.А. Тарабукин ХоҺоонноро . 2 миэстэҕэ 6 кылаастар Герасимова Влада, Слепцова Айыына В.А.Тарабукин Алдан биэрэгэр, кылаас салайааччыта Николаева Алевтина Пятионовна, 3 миэстэҕэ 8 кылаас аатыттан Аянитова Эвелина салайааччы Постникова Ульяна Николаевна В.А. Тарабукин Хаххан кэпсээнинэн таҕыстылар. 3 бөлөххө 1 миэстэҕэ 10 кылаас үөрэнээччитэ Дарина Макарова В.А.Тарабукин Оппоос мүччүргэннээх сырыылара кинигэтин бэйэтэ соҕотоҕун 3 кэпсээнигэр оҥорбут,кылаас салайааччыта Баишева Полина Кирилловна, 9 кылаастан В.А. Тарабукин , Кустугу тутаары кэпсээнин кылаас салайааччыта Кристина Геннадьевна кэргэнинээн Владимир Владимировичтыын аныгы технологиянан нейросетинэн туһанан компьютерга бэчээттээн оҥорбуттарын Анжела Хатылыкова көмүскээтэ. Олус үчүгэй кинигэлэри оҥорбут, бары кыттыыны ылбыт үөрэнээччилэргэ,төрөппүттэргэ, кылаас салайааччыларыгар махталбытын тиэрдэбит.