Архив автора: Акулина Маркова

Аҕабынан хос эһэм Тобох Ньукулай

Томпо үрэҕин тардыытыгар олохтоох дьоҥҥо төрөөбүт. Төрөппүттэрэ элбэхтик оҕоломмуттарыттан Ньукулай эрэ ордубутугар ыксаан, сир уларытан, «Киэҥ Күөлгэ» Күөл Төрдүгэр сытыары дьиэҕэ эбии туруору балаҕан туттан көһөн кэлбиттэр. Оҕолортон соҕотох ордубутун иһин «Тобох» диэн ааттаабыт буолуохтарын сөп. Кини улаатан баран балачча биллэр, бэйэтин кыанар, тэтиэнэх киһи буолбут. Төһө да оскуолаҕа үөрэммэтэр, бэйэтэ кыһаллан ааҕар, суруйар буолбут,… Читать далее »

Доруобай буолуу дьоллоох олох төрдө!

Алдан нэһилиэгин модельнай библиотекатыгар, өр кэмҥэ чэгиэн туруктаах, доруобайдык сылдьарга туһуламмыт WHIEDA (Процветание и здоровье) международнай ассоциация продукциятын билиһиннэрэ биир дойдулаахпыт, Заболоцкая Мария Петровна Уус Алдан улууһун кииннэммит библиотекатын сүрүн библиотекара ыалдьыттаата. Көрсүһүүгэ инновационнай технологияларга олоҕуран оҥоһуллубут БЭМ — биоэнергомассажер, активатор клеток продукциялары, коррекционнай стелькалары көрдүбүт, доруобуйабытын тупсарарбытыгар көмөлөөх лекциятын сэҥээрэн иһиттибит. Саахара суох, коллагеннаах… Читать далее »

«Ааҕыы умсулҕана» лааҕыр

«Ааҕыы умсулҕана» лааҕыр быйыл   алын кылаас оҕолоругар  10 күн устата үлэлээтэ. Оҕолор «Лето, книга,друзья»саҥа кинигэлэр быыстапкатын билсэн ааҕан, улуу нуучча суруйааччытын Пушкин «Сказка  о рыбаке и рыбке» остуоруйатын дорҕоонноохтук аахтылар, аахпыт кэпсээннэрин ис хоһоонун кэпсииргэ үөрэннилэр. Бэс ыйын 12 күнүгэр Россия күнүгэр   эйэ холуубун кырыйан, шардары, сибэккилэри кырааскалаан «Окна России» акция5а кытынныбыт, «Я живу в… Читать далее »

Улуу Пушкины аахтыбыт

Улуу нуучча суруйааччыта А. С. Пушкин бэс ыйын 6 күнүгэр  төрөөбүтэ 225 сылын туолла. Алдан нэһилиэгин модельнай библиотеката «Ааҕыы умсулҕана » лааҕырга «Пушкин остуоруйаларынан айанныыбыт»  аа5ыы күнүн ыытта. Пушкин «Сказка о рыбаке и рыбке» остуоруйаны оҕолор  ааҕан,  кыһыл көмүс балыкчааны кырааскалаан баран бэйэлэрин саамай баҕа санаалаларын суруйдулар. Улуус библиотекаларын ааҕааччыларын толорууларыгар Виктор Хон тылбааһыгар «Арчылаа,… Читать далее »

Таатта үрэх кэрэ көстүүтэ

Саха бастакы профессиональнай, народнай художнига И.В. Попов төрөөбүтэ 150 сылыгар аналлаах «Таатта кэрэ көстүүтэ» айылҕаҕа Уус Таатта оҕо искусствотын оскуолатын художественнай кылааһын үөрэнээччилэрэ уонна Алдан нэһилиэгин модельнай библиотеката иккис сылбытын пленэр-походка сырыттыбыт. Живописька  уһуйааччы Николаева Надежда Васильевна Таатта үрэх кэрэ көстүүтүн уруһуйдуурга маастар кылаас ыытта. Оҕолор И.В. Попов олоҕун туһунан бэсиэдэни сэҥээрэн истэн, уруһуйдаан, сүүрэн… Читать далее »

Ыам ыйын 27 күнэ — Россияҕа библиотека күнэ

Ыам ыйын 27 күнэ Россияҕа библиотека күнэ. Алдан нэһилиэгин модельнай библиотекатыгар Саҥа кинигэ күнэ ыытылынна. 2024 сылга фондаҕа киирбит кинигэлэри билиһиннэрии ыытылынна. Ааҕааччылар викторинаҕа кыттан, «Айар» кинигэ кыһата бэчээттээн таһаарбыт оонньууларын сэргээн оонньоон үөрэн-көтөн тарҕастылар. Бу күн библиотекаҕа 10 саҥа ааҕааччы,  ол иһигэр 5 оҕо саҥа ааҕааччынан суруттардылар. Барыта 50 кинигэ төннөрүлүннэ. Убаастабыллаах ааҕааччылар кинигэлэри… Читать далее »

Биир дойдулаахпыт Россия суруналыыстарын сойууһун чилиэнэ Е.А. Жирков 90 сыла

Н. Д. Неустроев аатынан орто оскуолаҕа Саха Өрөспүүбүлүкэтин үөрэҕириитин туйгуна, «Учууталлар учууталлара» анал аат хаһаайына, Россия Суруналыыстарын чилиэнэ Е. А. Жирков төрөөбүтэ 90 сылыгар аналлаах библиотечнай уруоктар 6-10 кылаас үөрэнээччилэригэр ыытыллан 70 оҕо сырытта. Е. А. Жирков олоҕун, айар үлэтин үөрэппит үөрэнээччитэ, оскуола педагог-библиотекара Р.А.Готовцева учууталын туһунан үтүө өйдөбүлүн оскуолатааҕы хаартыскаларын, билигин үлэлии сылдьар физика… Читать далее »

Учууталбыт туһунан үтүө өйдөбүл

Учуутал диэн билиигэ угуйар, олоххо сирдиир муударай сүбэһит диэн өйдөбүл хас биирдии киһиэхэ иҥэн сырыттаҕа.Инники олохпутугар туох дьон , хайдах үлэһит буоларбыт барыта учуутал билиититтэн, сыралаах үлэтиттэн , оҕоҕо, төрөппүккэ сыһыаныттан тутулуктаах дии саныыбыт.Биһиги 1975 сыллаахха оскуолаҕа үөрэнэ киирэрбитигэр маҥнайгы учууталбыт Максимова Пелагея Афанасьевна үөрэ-көтө отучча оҕону көрсүбүтүн өйдүүбүт. Онтон алын оскуоланы бүтэрэн, улахан оскуолаҕа… Читать далее »

Библионочь — 2024

Алдан нэһилиэгин модельнай библиотекатыгар » Библионочь- 2024 «акция чэрчитинэн » Дьиэ кэргэнинэн бары бииргэ ааҕабыт» куонкурус  Уус Таатта орто оскуолатын 5 кылаас үөрэнээччилэрэ төрөппүттэрин кытта бииргэ ааҕыыларыгар ыытылынна. Куонкурус 5 түһүмэҕинэн ыытылынна.  Дьиэ кэргэнинэн сөбүлүүр кинигэлэрин аҕалан, кинигэ быыстапкатыгар туруоран, сөбүлээн аахпыттарын  ис хоһоонун билиһиннэрдилэр. Оҕолор саха суруйааччыларын  кинигэ туһунан хоһооннорун дорҕоонноохтук аахтылар. Төрөппүттэрин кытта… Читать далее »